СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ “Доруобуйа харыстабыла” Национальнай бырагыраама чэрчитинэн кырата суох үбү ылар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал медицинскэй көмө киинэ ангиографическай тэрили атыылаһарыгар федеральнай бүддьүөттэн 80-ча мөлүйүөн бэриллибитэ.
2011 сылтан үлэлиир өрөспүүбүлүкэ бастакы ангиографическай комплекса эргэрэн, сотору-сотору алдьанара. Ол да буоллар, бу комплекс көмөтүнэн тоҕус сыл устата 33 тыһыынчаттан тахса чинчийии ыытылынна, ол иһигэр 27 тыһыынча кэриҥэ тымыр эндоваскулярнай эпэрээссийэтэ оҥоһулунна. Оттон бу саҥа атыылаһыллыбыт, биэс сыл үлэлиир мэктиэлээх ангиографическай тэрил — “Филипс” фирма модела, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка соҕотох уонна бастакы.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа саҥа ангиографическай кэбиниэт үөрүүлээхтик аһыллыытыгар сырытта.
Айсен Николаев: «Бу тэрили атыылаһарбытыгар федеральнай бүддьүөттэн 80 мөлүйүөн кэриҥэ солкуобай харчы бэриллибитэ. Куонкурус түмүгүнэн комплексы арыый чэпчэкитик – 54 мөлүйүөн суумаҕа атыылаһары ситистибит”, — диэн, ордубут суумаҕа 50-ча медицинскэй тэрил атыылаһыллыбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ол иһигэр, тыҥа искусственнай вентиляциятыгар 6 аппарат, 30 анал кырабаат, көһөрүллэ сылдьар УЗИ аппарата уо.д.а.
Саҥа ангиографическай комплексы туһанарга көҥүл бэрилиннэр уонна исписэлиистэр үлэлииргэ үөрэннилэр эрэ, комплекс сотору үлэлээбитинэн барыаҕа. Оччотугар, биллэн турар, медицинскэй чинчийиилэр уонна эпэрээссийэлэр хаачыстыбалара өссө тупсуоҕа, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэҕэ сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү аҕыйыырыгар эрэл үөскүөҕэ.
БЫҺААРЫЫ: Ангиографическай комплекс үксүгэр хаан сүүрэр тымырдары уонна ис уорганнары уо.д.а. рентгеҥҥэ устар. Саҥа комплекс матрицалаах, ыарыһахха уонна бырааска суоһуур радиоктивнай сардаҥа кээмэйин 50-80% кыччатар. Аппарат саамай күүстээх рентген туруупкатын көмөтүнэн өр кэмҥэ тохтоло суох үлэлиир кыахтаах.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru
This post was published on 16.01.2020 16:35 16:35