Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн окко былаан 70% туолла

Атырдьах ыйын 31 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 320 673 туонна от оттонно. Бу сыллааҕы былаан 70%. Бу туһунан https://edersaas.ru/ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар. 


Маны таһынан, 10 854 сиилэс угулунна (былаан 40 %-а) итиэннэ 2 830 туонна сенаж оҥоһулунна (былаан 19 %).

Ыраах учаастактарынан оттуур мобильнай биригээдэлэргэ 39 тыһыынча туоннаны оттуур сорудах түһэриллибитэ. Билиҥҥи туругунан 234 мобильнай биригээдэ тэриллэн, барыта 17 653 туоннаны оттоотулар.

This post was published on 01.09.2021 13:02 13:02