Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 9 ойуур баһаарын умуруораллар

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 9 ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэһэллэр, онтон үһэ бохсулунна. Бу туһунан экология харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн, СИА иһитиннэрэр.


Уот  64,00 га сири сиэтэ. Ааспыт сууккаҕа үс уоту Нам (Булуус), Уус-Алдан (Тумул, Дыгдал), ыраах сытар сирдэргэ 2 ойуур баһаарын умуруордулар. Уоту умулуннарыыга 138 киһи, 18 техника үлэлээтэ.

Ыраах сытар 91 585, 00 га иэннээх сиргэ 25 уот көрдүгэнэ баара биллэр. Балары космическэй сириэстибэлэринэн кэтииллэр. Баһаардар нэһилиэктэргэ, экономика эбийиэктэригэр суоһаабаттар.

This post was published on 18.08.2020 12:01 12:01