Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 31 ойуур баһаарын умуруораллар

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 31 ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэһэллэр, 16-та бохсулунна. Бу туһунан экология харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн, СИА иһитиннэрэр.


Уот 1 189,00 га сири сиэтэ. Ааспыт сууккаҕа Бүлүүгэ, Мэҥэ-Хаҥаласка, Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Уус-Алдаҥҥа, Хаҥаласка уонна Чурапчыга 9, ыраах сытар сирдэргэ 28 ойуур баһаарын умуруордулар. Уоту умулуннарыыга 792 киһи, 52 техника үлэлээтэ.

Ыраах сытар 299 749 га иэннээх сиргэ 127 уот көрдүгэнэ баара биллэр. Балары космическэй сириэстибэлэринэн кэтииллэр.

Баһаардар нэһилиэктэргэ, экономика эбийиэктэригэр суоһаабаттар.

This post was published on 20.07.2020 11:01 11:01