Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 26 ойуур баһаарын умуруораллар

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 26 ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэһэллэр, онтон аҕыһа бохсулунна. Бу туһунан экология харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн, СИА иһитиннэрэр.


Уот 1 037,00 га сири сиэтэ. Ааспыт сууккаҕа Уус-Майаҕа, Аммаҕа, Бүлүүгэ, Горнайга, Уус-Алдаҥҥа, Чурапчыга уонна Дьокуускайга — 10, ыраах сытар сирдэргэ 38 ойуур баһаарын умуруордулар. Уоту умулуннарыыга 662 киһи, 46 техника үлэлээтэ.

Ыраах сытар 329 744 га иэннээх сиргэ 112 уот көрдүгэнэ баара биллэр. Балары космическэй сириэстибэлэринэн кэтииллэр.

Баһаардар нэһилиэктэргэ, экономика эбийиэктэригэр суоһаабаттар.

This post was published on 21.07.2020 10:00 10:00