Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 19 ойуур баһаарын умуруораллар

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 19 ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэһэллэр, онтон аҕыһа бохсулунна. Бу туһунан экология харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн, СИА иһитиннэрэр.


Уот 1 693 га сири сиэтэ. Ааспыт сууккаҕа биир уоту Уус-Алдан Дүпсээтигэр умулуннардылар.  Ыраах сытар сирдэргэ биир ойуур баһаарын умуруордулар. Уоту умулуннарыыга 759  киһи, 77  техника үлэлээтэ.

Ыраах сытар 255 278 га иэннээх сиргэ 56 уот көрдүгэнэ баара биллэр. Балары космическэй сириэстибэлэринэн кэтииллэр. Баһаардар нэһилиэктэргэ, экономика эбийиэктэригэр суоһаабаттар.

This post was published on 03.08.2020 11:01 11:01