Өрөспүүбүлүкэ күнэ – биһиги олохпутугар

Муус устар 27 күнэ саха норуотун историятыгар ураты суолталаах бэлиэ күн. 1922 сыллаахха бу күн саха норуотун чулуу уолаттара Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов Саха сирэ автономия буоларын ситиспиттэрэ. Ол саха омуга сайдыытыгар улахан төһүү күүс, бигэ тирэх буолбута. Бу уһулуччу сүдү суолталаах бэлиэ күҥҥэ дьон-сэргэ санаатын иһиттибит.


«Саха норуотун историятыгар киирбит улахан суолталаах күнү биһиги бигэтик өйдүөх тустаахпыт. Бу күнүнэн киэн туттан тураммыт кэнчээри ыччаппытыгар дьоһун ситиһиини сэһэргиир, өйдөтөр, иҥэрэр эбээһинэстээхпит. Ол биһиги улуу дьоммутугар ытык иэспит. Ыччаппыт кинилэр курдук сырдык санаалаах, сайдыыга уонна дириҥ билиигэ дьулуурдаах буолалларыгар баҕарабын. Бүгүҥҥү үөрүүлээх бэлиэ күнүнэн Сахабыт сирин бары олохтоохторун ис сүрэхпиттэн үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлиибин. Чөл өйдөөх-санаалаах, бигэ тирэхтээх, сарсыҥҥыны саргылыыр, дойдубутун сайыннарар ситиһиилээх, үлэһит, чулуу норуот буолуоҕуҥ», — диэн Дьокуускай куорат биэнсийэлээхтэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Луговая санаатын үллэһиннэ.

«Саха автономнай социалистическай республика үөскээбит күнүн дьиэ кэргэнинэн улаханнык үөрэн, киэн туттан көрсөбүт. Өрөспүүбүлүкэ күнэ Сахабыт сирин бары олохтоохторун бииргэ түмэр ураты күн. Долгутуулаах бэлиэ күнүнэн Сахам сирин олохтоохторун итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Сырдык санаалаах, сарсыҥҥыга эрэллээх, кэрэ ыралаах, дьоллоох буолуҥ. Сахабыт сирэ чэчирии сайдарыгар бары биир санаанан салайтарыаҕыҥ, сомоҕолоһуоҕуҥ», — диэн Дьокуускайдааҕы 39 №-дээх оҕо саадын эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Любовь Федорова эҕэрдэтин тиэртэ.

«Бүгүн өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо түмсэр, сомоҕолоһор үөрүүлээх, кэтэһиилээх күммүт. Өрөспүүбүлүкэбит күнүнэн киэн туттан тураммыт, биһиги Сахабыт сиригэр олохсуйа кэлэр дьоҥҥо, кинилэр ыччаттарыгар бэлиэ күммүт суолтатын быһааран биэриэҕиҥ. Бары бииргэ буолуоҕуҥ, иннибит диэки эрэллээхтик уонна эрчимнээхтик хардыылыаҕыҥ. Тапталлаах Сахабыт сирэ сайдарын туһугар бары кыһамньыбытын ууруоҕуҥ. Олохпутугар улахан суолталаах күммүтүн өрүү өрө тутуоҕуҥ», — диэн Уус Алдан улууһун С.Васильев-Борогонскай аатынан бибилэтиэкэ кинигэнэн хааччыйар отделын бибилэтиэкэрэ Мария Макеева санаатын тиэртэ.

This post was published on 27.04.2016 19:26 19:26