Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр дьон саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ «Биир ньыгыл Россия» баартыйа барыллааһын куоластааһыныгар киирбит Галина Данчикова эргэ, саахалланар кутталаах дьиэлэргэ олорбут дьоҥҥо саҥа дьиэ күлүүстэрин туттарда.


«Эһигини Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн уонна саҥа дьиэҕэ киирбиккитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу икки бүк бырааһынньык!» — диэтэ премьер.

Галина Данчикова Саха сиригэр олорор дьиэни тутуу инники кирбиигэ тутулларын эттэ. Ол курдук, 2015 сыллаахха 546 тыһ. кв. м иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киирбит. Бүгүҥҥү туругунан олорор дьиэ уопсай фондатытын 14 % эргэ, саахалланар кутталлаах дьиэлэр ылаллар.

Челюскин аатынан уулусса, 2/1 аадырыска дьон саҥа дьиэлэннэ. «Нова С» ХЭТ дьиэни тутта, сотору кэминэн дьиэ тиэргэнин   ыраастыахтара, оҥоруохтара.

«Саҥа дьиэҕэ киирбиттэрэ барылыран истиҥник эҕэрдэлиибин, саҥа дьиэ үөрүүнү, дьолу эрэ аҕаллын!» —диэтэ Галина Данчикова.

This post was published on 27.04.2016 16:57 16:57