Бүгүн Өрөспүүбүлүкэбитигэр өрөгөй, үөрүү, кэскилбитин түстээбит үтүө күммүт үүннэ. Бу күн Саха Автономиятын төрүттээбит, саргытын уурсубут үтүө дьоммут көмүс тылынан тиһиллэн, үйэтитиллэн ааттара дорҕоонноохтук ахтыллар.
Былатыан Ойуунускай биир дойдулаахтара Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө кини биһигэ ыйаммыт төрөөбүт-үөскээбит, иитиллэн сүһүөҕэр турбут Муҥха Дэлбэрийбит алааска мустубуттара. Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан СӨ Правительствотын председателин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах делегация кэлэн үөрүүлээх миитинҥэ кыттыспыта. Сергей Васильевич Местников бэйэтин этиитигэр, Саха сирин судаарыстыбаннаһа олохтонуутугар, норуот быһыытынан үтүө үгэһин, культуратын, духуобунай нэһилиэстибэтин сайыннарыыга Былатыан Ойуунускай боччумнаах кылааты киллэрбитин бэлиэтээтэ. «Модун Россия састаабыгар Саха Автономиятын тэрийии философиятын, ону сайыннарыыны, сомоҕолоһууну үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрэн иһиэхтээхпит», — диэн эттэ. Миитинҥэ улууспут баһылыга Айал Бурцев, ыаллыы сытар Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Ил Түмэн депутата Прокопий Рахлеев уо.д.а. өрөгөй күнүнэн эҕэрдэ тылларын анаатылар. Улууспут социальнай-экономическай сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрсибит бар дьоммут бэлиэтэнэн үөрүү-көтүү тыына билиннэ. Кинилэр ортолоругар өр сылларга Таатта нэһилиэгин салайар Е.И.Павловка «Олохтоох бэйэни салайыныы сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» мэтээл, СӨ Правительствотын Махтал суруктарынан улууспут бочуоттаах гражданина Н.Е.Попов, Октябрьскай нэһилиэк олохтооҕо М.А.Собакин, Ил Түмэн депутата В.Н.Лебедев Махтал суруктарынан Чөркөөх түмэлин үлэһиттэрэ А.М.Тарбахов, М.М.Охотин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.
Салгыы миитин кыттыылаахтара Былатыан Ойуунускай мэҥэ өйдөбүнньүгэр тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн ууран, бэлиэ күнү чиҥэтэн хаартыскаҕа түстүлэр. Үтүө үгэс быһыытынан Былатыан бэйэтэ хоһуйбутунуу күөх урсун күөннээх, күөх унаар урсуннаах Муҥха Дэлбэрийбит алааска турар төрөөбүт балаҕаныгар ыалдьыттаан итии чэй иһэн, көмүлүөк оһоххо саһарчы буспут алаадьынан, арыы аллар саламаатынан алгыстанан, арчыланан, күүс-уох ыллылар.
Быйылгы тэрээһин биир улахан долгутуулаах түгэнинэн федеральнай суол кытыытыгар турар, Халамнаайы эбэни сыттыктана сытар «Саппыйа» алааска Михаил Кулаковскай, норуокка биллэринэн Мойуор Кулаковскай балаҕана сөргүтүллэн саҥа объект үлэҕэ киириитэ уонна «Эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин…» стела аһыллыыта буолла. Бу манна 1937 сыллаахха Былатыан Ойуунускай ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр депутатынан быыбарданарыгар биир дойдулаахтарын кытары тиһэх көрсүбүт сирэ, балаҕан эркиннэрэ «Сүүс сыллаах Улуу былаан» олоҥхо-кэпсээни Улуу Былатыантан бэйэтиттэн истэн, иҥэринэн тураллар.
Таатта улууһун биир историческай алааһа Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа А.В.Захаркин ахтыытыгар олоҕуран сөргүтүлүннэ. Оччолорго эдэркээн Афанасий Захаркин 18 сааһын туолан бастакытын быыбардыыр быраабы ылбыт кэмэ эбит. Харах уулаах, улахан хараастыылаах тиһэх көрсүһүүнү үйэтитэр сыалы-соругу иҥэринэн, өр сылларга Чөркөөх түмэлин салайбыт Н.Е.Попов сүрэҕэр иитиэхтээн, күүстээхтик туруорсан, улуус общественноһын көмөлөһүннэрэн оҥоттордо. Билигин да объект силигэ ситэрэ элбэх, ол эрээри бастакы улахан хардыы оҥоһулунна. «Манна норуот дьокутааттара кэлэн, норуоттарын иннилэригэр үлэлиир торумнарын ылынар биир тутаах сирдэрэ буолуон баҕарабын», — диэн Николай Ефимович этэр. Ол да иһин бу Саппыйаҕа турар историческай объегы Чөркөөх түмэллэрин кытары улуус депутаттара көрөр-истэр буолуохтара.
Мойуор Кулаковскай балаҕана саҥардыллан оҥоһуллуута Былатыан Ойуунускай сүгүрүйээччилэригэр, олоҕун үөрэтэр дьоҥҥо улахан үөрүүнү тосхотто. Өссө хорутан, бу сири киллэрэн туран үөрэтэллэригэр саҥа хайысханы ыйар.
Саппыйа алаас хонноҕун-быттыгын кистэлэҥэ, кэпсээнэ элбэх. Бу алаас уруккута Ойуун ууһа-Ханньас, Молотов-Сэккээччи колхуостар кииннэрэ буолар.
Ааптар: Светлана Халгаева.
Хаартыскаҕа Былатыан Ойуунускай төрөөбүт түөлбэтигэр Өрөспүүбүлүкэ күнэ.
This post was published on 27.04.2024 14:33 14:33