Бырабыыталыстыба баһылыга Евгений Чекиҥҥэ ыытыллыбыт мунньахха балаҕан ыйын 5-10 күннэригэр Владивостокка тэриллэр III Илиҥҥи экономическай форумҥа бэлэмнэнии хаамыыта көрүлүннэ.
Ил Дархан Егор Борисов форум пленарнай сессиятыгар, Россия Уһук Илинин, Байкаллааҕы регионун итиэннэ Кытай Хотугулуу-Илинин сайыннарыыга бииргэ үлэлиир Россия уонна Кытай бырабыыталыстыбаларын икки ардыларынааҕы хамыыһыйа итиэннэ Уһук Илин сайдыытын судаарыстыбаннай сэбиэтин мунньахтарыгар кыттыыны ылыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ дэлэгээссийэтин чилиэннэрэ Уһун Илин регионнарын кэлим социальнай-экономическай сайдыыларыгар, куорат табыгастаах эйгэтин үөскэтиигэ, энергетика тарыыптарын намтатыыга анаммыт сессияларга уонна Россия Кореяны кытары экономикаҕа, наукаҕа-тиэхиньикэҕэ холбоһуктаах хамыыһыйатын мунньаҕар кыттыахтара.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Аан дойду таһымнаах бу улахан форумҥа туризмҥа, геологияҕа, промышленностка, тырааныспар инфраструктуратыгар, үрдүкү технологияҕа уонна энергетикаҕа инвестиционнай бырайыактары билиһиннэриэ, бииргэ үлэлээһиҥҥэ кэккэ дуогабардары түһэрсиэ. Форум култуурунай дьаһалларын чэрчитинэн, «Уһук Илин уулуссалара» быыстапкаҕа улахан павильон-экспозицияны туруоруо.
Евгений Чекин оробуочай бөлөх чилиэннэригэр форумҥа көрдөрүллэр бырайыактары от ыйын 1 күнүгэр диэри оҥорон бүтэрэргэ сорудахтаата. Дьыалабыай кэпсэтиилэри, сөбүлэһиилэри түһэрсии тэрээһин боппуруостарыгар тохтоото. Санатан эттэххэ, Илиҥҥи экономика II форумугар Саха өрөспүүбүлүкэтин сайыннарыыга улахан суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ дойду бөдөҥ хампаанньаларын кытары 325 млрд. солк. суумалаах уон биэс сөбүлэһии түһэриллибитэ.
«Уһук Илин уулуссалара» бырайыакка өрөспүүбүлүкэ экспозициятын сүрүн тиэмэтинэн уһун, тымныы кыһын буолуоҕа. Онно ураһа, ювелирнай витрина, сынньанар зона, Саха сирэ Россияҕа холбоспута 385 сылыгар аналлаах хаартысканан быыстапка, «Сэлиини миинэн» оҕо сырылаан түһэр сыырдара, «Үрүҥ эһэ оҕолорун Халымаананы, Харчаананы кытары» арт-эбийиэк итиэннэ спорт национальнай көрүҥнэригэр (мас-рестлиҥҥэ, 100 киилэлээх тааһы көтөҕүүгэ) анал былаһаакка баар буолуохтара.
Туризм хайысхатыгар «Өлүөнэ туруук таастара» айылҕа паарката, ирбэт муустаах «Булуус» уонна тукулааннар көрдөрүллүөхтэрэ. «Балык ырыынагар» хоту дойду көмүс хатырыктаахтара атыыланыаҕа, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ астыыр-таҥастыыр хампаанньалара бэйэлэрин бородууксуйаларын батарыахтара.