Саха сирин иһинэн рейстэргэ 23 улуустарга 157 хайысханан, ону тэҥэ Дьокуускайтан арктика эҥэр 14 маршрутунан сааһыттан тутулуга суох чэпчэтиилээх билиэт атыылаһыахха син. Регион баһылыга Айсен Николаев муус устар 26 күнүгэр быһа биэрии кэмигэр үгүс саха дьоно чэпчэтиилээх билиэтинэн туһаныахтара диэн эрэнэрин биллэрдэ. Удамыр сыаналаах билиэттэр уонна саҥа маршруттар туһунан тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистрэ Владимир Сивцев кэпсээтэ.
«Ону сэргэ сахалар Уһук Илин уокурук иһинэн чэпчэтиилээх билиэтинэн туһанан көтүөхтэрин сөп, маны барытын «Якутия» уонна «Аврора» авиахмпаанньалар сөбүлэһии түһэрсэннэр олоххо киирдэ. 2021 сылга биир эрэ чэпчэтиилээх маршрут баара Дьокуускай-Хабаровскай. 2022 с. көтүүлэр бырагыраамалара кэҥээн, биэс саҥа маршрут үөскээтэ. Бу сыл тохсунньу- олунньу ыйдарыттан үс утумнаах рейс үлэлээн эрэр: Дьокуускайтан Читаҕа, Улан- Удэҕэ уонна Нерюнгриттан Хабаровскайга«, — диэн Владимир Сивцев иһитиннэрдэ. Кини муус устар 14 күнүттэн «Аврора» Дьокуускай–Красноярскай маршрутунан көтөр уонна бэс ыйын 1 күнүттэн Мииринэй — Хабаровскай хайысхата тахсыа диэн эбэн эттэ.
«Бу хайысханан көтүүлэр бэс ыйыттан алтынньыга диэри баар буолуохтара, бу кэмҥэ ордук элбэх киһи көтөр. Сорох хайысхаларынан билиэттэр атыыга номнуо таҕыстылар, аҥаарын судаарыстыба төлүүр буолан сыаната удамыр. Чэпчэтиилээх билиэттэри бары баҕалаахтар атыылаһыахтарын син. Сыана туһунан этэр буоллахха, холобур, Дьокуускай-Хабаровскай — 10 673 солк, Дьокуускай — Улан-Удэ — 9355 солк, Дьокуускай — Красноярскай – 7500 солк», — диэтэ Сивцев.
Чэпчэтиилээх билиэттэри «Якутия», «АЛРОСА» авиахампаанньалар кассаларыттан эбэтэр хайа баҕарар билиэт атыылыыр кассалартан атыылаһыахха сөп. Ону тэҥэ субсидиялаах билиэттэри «Аэрофлот», «Сибиир» авиахампаанньалар официальнай сайтарыгар ылыахха син.