Хаар уонна дохсун тыал өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуонугар бэлиэтэниэҕэ. Ол туһунан ЯУГМС тэрилтэ иһитиннэрдэ.
Уус Майаҕа, Аммаҕа, Чурапчыга, Томпоҕо, түүнүн Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар элбэх хаар уонна 9-14 с/м түргэннээх тыал түһүөҕэ. Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар, Анаабыр уонна Булуҥ кытылынан, күнүс Мииринэй соҕуруу өттүгэр, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн оройуоннарыгар күүһүрэр кэмигэр 15-18 с/м түргэннээх тыал түһүөҕэ. Өлөөҥҥө, Мииринэй хоту өттүгэр суукканы толору, күүһүрэр кэмигэр 18-23 с/м түргэннээх тыал түһүөҕэ, миэстэлэринэн тибиилээх буолуоҕа.
Салгын температурата түүн -10…-15 кыраадыс, хотугулуу-арҕаа уонна хоту -17…-22, хотугулуу-илин -23…-28, Халымаҕа -30…-35. Күнүс -3…-8 кыраадыс, илин -3…+2, хоту -10…-15, хотугулуу-илин -15…-20.
Дьокуускайга бүгүн кыратык хаардыаҕа, түүнүн тыал хотугулуу-илинтэн 3-8 с/м түһүөҕэ. Салгын температурата түүн -12…-14 кыраадыс, күнүс -4…-6.
This post was published on 04.04.2023 09:31 09:31