Өрөспүүбүлүкэҕэ сыллааҕы от былаанын 84%-нын толордулар

Саха сиригэр 372 693 туонна от бэлэмнэннэ, ол эбэтэр сыллааҕы былаантан 84%. Бу туһунан балаҕан ыйын 23 күнүгэр брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мелиорациятын салайааччы Вячеслав Гаврильев кэпсээтэ.

Онуоха ити көрдөрүүлэр ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр холоотоххо 96% буолара бэлиэтэнэр.

Барыта 25 558 туонна сиилэс, ол эбэтэр былаантан 86%, оттон 10 489 туонна от, ол аата 81% бэлэмнэммит.

Аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ 245 мобильнай биригээдэ үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн мобильнай биригээдэлэринэн оту бэлэмнээһин былаана 53 339 туонна от буолар, ол иһиттэн 37 781 туоннаны, ол эбэтэр былаантан 71 %- нын бэлэмнээтилэр.

This post was published on 23.09.2022 13:35 13:35