2022 сылга Саха сиригэр сир учаастактарын барытын толору судаарыстыбаннай кадастровай сыаналааһын ыытыллыаҕа. Ол туһунан сиргэ сыһыаннаһыыларга миниистир Павел Иванов эттэ, суруйар СИА.
«Биһиги судаарыстыбаннай бырагыраамабыт сүрүн сыаллаах көрдөрүүтэ — өрөспүүбүлүкэ баайын-дуолун салайыыттан дохуоту хааччыйыы. Ааспыт сылга былааннаах көрдөрүү аһара барбыта уонна 33 млрд солк тахсыбыта», — диэтэ Павел Иванов.
Баай-дуол сыһыаннаһыыларыгар минииистир эппитинэн, ааспыт сылга Саха сирин 15 хаһаайыстыбата дивиденд төлүүргэ быһаарыы ылыммыт. Ол иһигэр алтата үбү оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга уонна эргийэр харчыны толорууга анаабыт.
Маны сэргэ 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ олохтоох бэйэни салайыныы уоргатарыгар биллэр өйөбүлү оҥорбут. Өрөспүүбүлүкэ бас билиититтэн уопсайа 4,7 миллиард солк суумалааҕы муниципалитеттарга көһөрүллүбүт.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-predstoit-kadastrovaya-otsenka-vseh-zemelnyh-uchastkov/
This post was published on 05.03.2022 13:01 13:01