Өрөспүүбүлүкэҕэ оттук сезона саҕаланара аҕыйах кэм хаалла. Билигин сылаас Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Аллара Халыма, Орто Халыма, Өлөөн, Усуйаана улуустарыгар тиэрдиллэн турар. Ый бүтүөр диэри итии Арктика бары улуустарыгар киириэ, оттон балаҕан ыйын саҕаланыытыгар – атын улуустарга. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оттукка бэлэм 91 %. Бу туһунан ОДьКХ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Алдан улууһугар кыстыкка 95 % бэлэмнэр. Манна ититии уонна уу ситимнэрин уларытыы үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Улууска итиини балаҕан ыйын 9-гар биэрэри былаанныыллар, Томмокко – балаҕан ыйын 7 күнүгэр.
Үөһээ Халыма улууһугар халлаан туругуттан көрөн итиини былааннаммыт кэмиттэн эрдэ атырдьах ыйын 29 күнүгэр биэрэри былаанныыллар. Олорор дьиэлэр, социальнай эбийиэктэр кыстыкка бэлэмнэр.
Горнай улууһугар хочуолунайдары атырдьах ыйын 27 күнүгэр оттон көрдүлэр.
Нам улууһугар биэс хочуолунай өрөмүөннэммит, 1,12 км ититии ситимэ уларыйбыт. Олорор дьиэлэр 75 %-гар ититии, уу ситимин ыраастааһын барбыт. Манна оттук сезона балаҕан ыйын 9 күнүгэр саҕаланыа.
Өймөкөөн 16 хочуолунайа бары оттукка бэлэмнэр. Халлаан тымныйан манна итиини балаҕан ыйын 1 күнүгэр биэриэхтэрэ.
Өлүөхүмэҕэ итиини балаҕан ыйын 11 биэриэхтэрэ.
Уус-Маайа улууһугар кыстыкка бэлэм түмүктэнэн эрэр. Солнечнай бөһүөлэгэр хочуолунай өрөмүөнэ бүтэн эрэр. Күп нэһилиэгэр 90 миэтэрэ ититии ситимин уларыталлара хаалла. Элдьикээн бөһүөлэгэр чох сүөкэнэр. Билиҥҥитэ 2365 туонна (былаантан 17 %) тиэллибит, 34 % сүөкэммит.
This post was published on 28.08.2020 16:09 16:09