Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы мэдиссиинискэй көмөнү дьиэҕэ оҥороллор. Ыарыһахтар терапевт уонна атын быраастары (ниэрбэ, сүрэх, харах быраастарын уо.д.а.) дьиэлэригэр ыҥырыахтарын сөп. Коронавирус ыарыытын тарҕаппат туһуттан поликлиникаларга улахан кыһалҕата суох кэлэр наадата суоҕун доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Министиэристибэ иһитиннэрбитинэн поликлиникалар дьиэҕэ сылдьан үлэлиир курдук дьаһаммыттар. Маныаха терапевтар, хат дьахталлары көрөр быраастар, эмп ырысыабын суруйар, аҕалар сулууспалар, мэдиссиинискэй манипуляциялары оҥорор бөлөхтөр тус туһунан тэриллэн үлэлииллэр.
Сытар балыыһаларга киирии тохтоон турар, анал стационардарга ыарыһах туругуттан көрөн киллэрэллэр.
Билиҥҥитэ Дьокуускайдааҕы тиис балыыһата үлэлии турар. «Ревматология», «кардиология» хайысхаларынан стационарнай көмө мэдиссиинэ национальнай киинигэр оҥоһуллар. Гастроэнтерологияҕа терапевтическай, хирургическай көмө мэдиссиинэ экстреннай көмөтүн киинигэр оҥоһуллар уонна оройуон киин балыыһаларын терапевическай салааларыгар.
Нефрологияҕа көмө Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх балыыһа нефрология салаатыгар оҥоһуллар.
Онкологияҕа көмө урукку кээмэйинэн, эрэһииминэн толору оҥоһуллар.
Ниэрбэ, сүрэх, харах о.д.а. быраастар дьиэҕэ кэлэллэр.
Профилактическай көрдөрүнүү уонна диспансеризация улахан дьон сорох араҥатыгар көҥүллэммит. Өҥөлөргө «Госуслуги», «e-yakutia.ru», «er14.ru» порталлар нөҥүө сурутуохха сөп.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/tak-bezopasnee-v-yakutii-mediki-lechat-patsientov-na-domu-chtoby-ne-dopustit-massovogo-skopleniya-lyudej/
This post was published on 20.08.2020 15:10 15:10