Өрөспүүбүлүкэҕэ 49 тыһыынча туонна от кэбиһилиннэ

От ыйын 27 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн 79 592 гектар иэннээх ходуһа сирэ охсулунна, 49 тыһыынча 154 туонна от кэбиһилиннэ. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһитиннэриитигэр олоҕуран https://edersaas.ru суруйар.


Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күөх быйаҥ күрэҕэр 24 654 киһилээх 7 187 звено, 9 891 араас мааркалаах тыраахтар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу 7 187 звеноттан толору мэхэньисээссийэлээҕэ 1 596, ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээҕэ 3 977, ат көлө күүһүнэн оттооччута 118, илии хотуурунан сэбилэммитэ 1 485.

This post was published on 28.07.2021 17:01 17:01