Ойуур хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытын э.т. Алексей Агеев бүгүн Намҥа буолбут Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕар бэлиэтээбитинэн, бүгүн сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 6 муниципальнай тэрээһиҥҥэ 11 ойуур баһаара бара турар. 44,8 тыһ. га сир умайар. Итинтэн 4,6 тыһ. гектар иэннээх биэс сиргэ уоту умулларбыттар.
Билигин баһаарга 555 киһи үлэлии сылдьар. Бэҕэһээ киэһэ Читаттан көмөҕө диэн эбии 25 киһи кэлбит. Кинилэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр үлэлии сылдьаллар.
Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru
This post was published on 27.07.2018 13:21 13:21