Өрөспүүбүлүкэ борокуруора Леваднай, Попов, Мамчур дьыалаларын тустарынан

Олунньу 16 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ борокуруора Николай Пилипчук суруналыыстарга бастакы пресс-кэмпириэнсийэтин биэрбитэ. Манна кини солбуйааччылара Анатолий Щербаков, Борис Самойленко уонна тутаах отделлар начаалынньыктара кыттыбыттара, ыйытыыларга хоруйдаабыттара. Бу туһунан edersaas.ru көрүҥ. 


Подполковник Александр Леваднай дьыалатын туһунан

Биһиги сайтпыт эрдэ иһитиннэрбитин курдук, филиппинканы  кырбаан баран дьиэҕэ хаайан олорууга уорбаланар кэргэннии Кристина уонна Александр Леваднайдарга РФ Холуобунай кодексатын 127-с ыст. 3-с чааһынан, ол эбэтэр, киһиэхэ ыарахан эчэйиини оҥорон туран, көҥүлү быһыы бэлиэтэ баарынан холуобунай дьыала тэриллибитэ. Борокуратуура бэйэтин бэрэбиэркэтин саҕалаабыта.

Николай Пилипчук ол туһунан ыйытыыга маннык хоруйдаата: «Биһиги бу Левадная салайар «Чистый дом» клининговай хампаанньатын бэрэбиэркэлиибит — бастатан туран, бу тэрилтэҕэ үлэ уонна миграция туһунан сокуоннары, үлэһит быраабын кэһии баар дуу, суох дуу диэн. Барытын сиһилии үөрэтиэхпит, үчүгэйдик бэрэбиэркэлиэхпит. Сүрдээх хобдох дьыала — манна сокуону көмүскүөхтээх полиция үрдүк дуоһунастаах сотруднига сыһыаннаах буолуон сөп, онон, дьыаланы ураты хонтуруолга ыллыбыт».

Ньурба баһылыга Борис Попов дьыалатын туһунан

Өрөспүүбүлүкэ борокуруоруттан бу дьыала туһунан тус санаатын ыйыттыбыт, «политическай», «үөһэттэн сакаас» диэҥҥэ сөбүлэһэҕин дуо диэн. Онуоха: «Мин бу дьыаланы хара маҥнайгыттан, саҕаланыаҕыттан көрбүтүм-билсибитим. Дьыала Попов кими дуу биитэр тугу дуу көмүскээн, туруулаһан эппит тылларын иһин буолбакка, харчы ылыллыбытын, оттон оскуола тутуллубатаҕын иһин тэриллибитин бэлиэтиибин», — диэн хоруйу ыллыбыт.

Манна өрөспүүбүлүкэ борокуруорун солбуйааччы Борис Самойленко миэхэ, ыйытыы биэрбит суруналыыска туһаайан, көбдьүөрэ түстэ: «Эн ити ыйытыыгын политиктарга, дьокутааттарга биэр: ити нэһилиэк оҕолоро хайдах оскуолаҕа үөрэнэ сылдьалларын!»

Полковник Николай Мамчур дьыалатын туһунан

Кылгастык санаттахха, СӨ ИДьМ-тын миниистирин солбуйааччынан — Силиэстийэлиир управление начаалынньыгынан үлэлии сылдьыбыт Николай Мамчур арыгы иһэн баран, бэйэтин үлэһитин күүһүлүү сатааһыҥҥа буруйдаммыта. Дьыала былырыын саас тэриллибитэ, муус устар ыйга сыл буолар. Бу пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрбиттэринэн, дьыала силиэстийэлэнэн бүтэ илик, Москваҕа комплекснай-психологическай-психическэй экспертиза түмүгэ тахсыахтаах.

This post was published on 17.02.2017 12:00 12:00