“Өрөспүүбүлүкэ болуоссатын фонтанын бэс ыйын 1 күнүгэр холбуохтаахпыт. Ол эрээри, күн-дьыл туран биэрдэҕинэ эрдэлиэн сөп. Өрөспүүбүлүкэ болуоссата тупсубутун көрөбүт, дьон мустар сиринэн буолла. Хойукка диэри үлэлиибин, киэһэ түннүгүнэн көрөр өрүү үчүгэй: олус элбэх киһи, кинилэр кэккэлэригэр оҕолоох ыал эмиэ күүлэйдииллэр, сынньаналлар. Араас көлүөнэ дьон көрсөр, сынньанар уопсастыбаннай эйгэтинэн буоларын туһугар болуоссат оҥоһуллар” – диэн Ил Дархан этэр.
Санатан эттэххэ, Өрөспүүбүлүкэ болуоссатыгар Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии иитинэн киэҥ далааһыннаах туспарыы үлэтэ барбыта. Болуоссат өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас тэрээһиннэр ыытыллар уопсастыбаннай киининэн буолла, бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 16.05.2025 14:12 14:12