Ил Дархан Айсен Николаев бигэргэппит «Үлэ киһитэ» бириэмийэтигэр үс түһүмэхтээх сүүмэрдээһин кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ 50 бастыҥ үлэһит киһитэ быһаарылынна.
Ол туһунан бүгүн Саха сирин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Быйыл кулун тутарга Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үлэһит дьонугар «Үлэ киһитэ» диэн 50 бириэмийэни олохтообута. Бу түгэн Саха сиригэр Үлэ сылыгар аналлаах дьаһаллартан биир сүрүннэрэ», – диэн миниистир бэлиэтээн эттэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 250-тан тахса үлэ кэлэктиибэ бэйэтин хандьытааттарын киллэрдэ. «Кинилэр бары араас идэлээхтэр: токардар, сыбаарсыктар, уоту тардааччылар, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, мэдиссиинэ уонна үөрэх тэрилтэлэрин, социальнай уо.д.а. эйгэ бэрэстэбиитэллэрэ. Кинилэр бэйэлэрин дьыалаларыгар тапталларынан уонна бэриниилэринэн, үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэринэн, уһуйааччы үлэтинэн дьарыктаналларынан, үлэҕэ саҥаттан-саҥаны киллэрэллэринэн уонна, биллэн турар, идэлэрин баһылаабыттарынан уратылаахтар», — диэтэ Елена Волкова.
Саха сирин 50 бастыҥ үлэһитин муус устар 28 күнүгэр, Саас уонна Үлэ бырааһынньыгын иннинэ чиэстиэхтэрэ. «Үлэ киһитэ» бириэмийэ кээмэйэ 300 тыһыынча солкуобай.
Санатан эттэххэ, хандьытааттары үс түһүмэҕинэн быһаардылар. Бастакы түһүмэххэ үлэ кэлэктиибэ бэйэтин үлэһитин кытыннарарын туһунан сайаапканы тустаах министиэристибэҕэ ыыппыта. Иккис түһүмэххэ судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнара үлэ кэлэктиибиттэн киирбит сайаапкалары көрбүттэрэ, үөрэппиттэрэ уонна сүүмэрдээбиттэрэ. Онтон бүтэһик үһүс түһүмэххэ өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын иһинэн хамыыһыйа талыллыбыт сайаапкалартан кыайыылаахтары быһаарда, суруйда «Саха сирэ» сайт.
This post was published on 18.04.2023 09:01 09:01