Сэтинньи 29 күнүгэр Ил Түмэн төрдүс (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2024 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөтүн уонна 2025-2026 сыллардааҕы былааннаммыт бүддьүөтүн ылыммыттара.
Бүддьүөт туһунан сокуону ылыныыга 5 хайысханан сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйалар үлэлээбиттэр. Бырабыыталыстыбаттан 486, норуот дьокутааттарыттан 204 уларытыы киирбит. Дьокутааттар уларытыыларыттан сокуон барылыгар 57 уларытыыны, Инвестиционнай бырагыраамаҕа 18 уларытыыны ылыммыттар.
2024 сылга бүддьүөт дохуоттаах чааһа 302,6 миллиард солкуобайга тэҥнэспит. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, 19,8 миллиардынан улааппыт. Нолуоктан дохуот 6,7 миллиард солкуобайынан эбиллэн, 175,8 миллиард солкуобайга тэҥнэспит. Ороскуот — 311,8 миллиард солкуобай.
Өрөспүүбүлүкэ үс сыллаах бүддьүөтүн ылыныы сүрүн соруктара – дойду бэрэсидьиэнэ эппит национальнай сыалларын уонна сайдыы стратегическай соруктарын ситиһии; судаарыстыба социальнай эбэһээтэлистибэлэрин толоруу; экэниэмикэ, инфраструктура сайдыытын хааччыйыы.
Тыа хаһаайыстыбатыгар – 14,9 миллиард солкуобай
Биир улахан уларытыынан «Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия» бырагыраама үбүлээһинин улатыннарыы туһунан бырабыыталыстыба киллэрбит этиитэ буолла. Резервнэй пуонда суотуттан 500 мөлүйүөнү эбии көрөр туһунан быһаарыныы ылыннылар.
Ол курдук, 2024 сыл тохсунньутуттан 1 киилэ үүккэ субсидия 60 солкуобайтан 65 солкуобайга; сүөһү төбөтүгэр көрүллэр субсидия сылга 37 тыһыынчаттан 39 тыһыыча солкуобайга, Арктика улуустарыгар 45 тыһыынча солкуобайга диэри үрдүөҕэ.
Маны тэҥэ, аһы-үөлү оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ көмөлөһүүгэ үп көрүлүннэ:
— тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар гидромелиоративнай уонна культуртехническэй үлэлэри ыыталларыгар — 50 мөлүйүөн солкуобай;
— сылы эргиччи оҕуруот аһын үүннэрээччилэргэ – 15 мөлүйүөн солкуобай;
— оҕуруот аһын, бурдугу харайар ыскылааттары тутууга – 20 мөлүйүөн солкуобай;
— сүөһү аһын бэлэмнээһин бырагырааматыгар эбии үбүлээһиҥҥэ – 75 мөлүйүөн солкуобай;
— төрүт үгэстэрдээх салаалары тарҕатар тэрилтэлэргэ – 43 мөлүйүөн солкуобай;
— саха сүөһүтүн иитэр тэрилтэлэргэ – 19,2 мөлүйүөн солкуобай;
— үрүҥ аһы, отоннору оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ – 98 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ;
— аһы-үөлү оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ – 20 мөлүйүөн солкуобай.
Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара толорор сорох судаарыстыбаннай боломуочуйаларыгар субвенция үрдээтэ:
— кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон сүөһү иитэригэр – 86 мөлүйүөн солкуобай;
— сүөһүнү, сылгыны, көтөрү иитиигэ, үүнээйини үүннэриигэ оҥорон таһаарыыны хааччыйыыга – 331,7 мөлүйүөн солкуобай.
Дьокутааттар уларытыыларын учуоттаатылар:
— табаны иитиигэ материальнай-техническэй базаны саҥардыы – 15 мөлүйүөн солкуобай;
— бырамыысыланнай балыктааһыны өйүүргэ – 25 мөлүйүөн солкуобай.
2024 сылга «Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия» бырагыраама үбүлээһинэ 14 933 679,1 тыһ. солкуобайга тэҥнэстэ.
Ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээтэ
Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Тустаах сокуону сэтинньи 29 күнүгэр Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар ылыннылар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын суумата билигин 151 690 солкуобайга тэҥнэһэр. 2024 сыл тохсунньутуттан үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоро төрөөбүт дьиэ кэргэттэр икки төгүл үрдээбит кээмэйинэн ылан барыахтара.
Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 30-34 уонна 35-39 саастаах дьахталлар ахсааннара 5,7%-нан уонна 19 %-нан элбээтэ. Ийэлэр бу саастарыгар үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорун төрүүллэр.
Маны тэҥэ, «Об охране семьи, материнства, отцовства и детства в Республике Саха (Якутия)» сокуоҥҥа уларытыыны киллэриини ылыммыттара. Сокуоҥҥа биир уларытыы чэрчитинэн, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыла аан бастаан ыал буолар, 25 сааһын туола илик эдэр дьоҥҥо биирдэ бэриллэр харчынан төлөбүр баар буолла. Бу миэрэ дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатыыга, бөҕөргөтүүгэ, ыал буолууну, оҕо төрөөһүнүн өйүүргэ туһуланар.
Харчынан төлөбүр кээмэйэ уонна бэриллэр усулуобуйата билигин бырабыыталыстыбаҕа, үлэ социальнай сайдыы министиэристибэтигэр быһаарылла сылдьар. Быһа барыллаан, көмө суумата 50 тыһыынча солкуобай буолуо диэн аахпыттара, ол эрээри, бу суума билиҥҥитэ чопчулана илик. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 76,5 мөлүйүөн солкуобайдаах суума көрүллүөхтээх.
Дьокутааттар санаалара
“Сайыҥҥыттан үлэлээтибит”
Юрий Николаев, Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билиигэ, приватизацияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Бырабыыталыстыба уонна кэмитиэттэр чилиэннэрэ бу сайыҥҥыттан үлэлээммит, 2024 сыллааҕы бүддьүөт таҥыллан, элбэх мөккүһүүтэ суох ылылынна. Бу өр кэмнээх үлэ түмүгэ буолар.
Бу ороскуоттар бары судаарыстыбаннай бырагырааманан бигэргитиллибиттэр. Онон бырабыыталыстыба киллэрбит уларытыылара бары ылылыннылар. Боппуруос элбэх этэ, сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйалар 5 хайысханан хас да күнү быһа үлэлээннэр, уопсай тылы буланнар, бүддьүөт кэмитиэтэ икки күн иһигэр үлэлээн, бу уларытыылары көрдө.
Дьокутааттар аҥаардас бэйэлэрин уларытыыларыттан 75-һэ ааста. Итиннэ бырабыыталыстыбаны кытта үлэ түмүгэр, үбүлээһин булулунна. Бүтэһик күннэргэ элбэх кэпсэтии, кэмитиэт мунньаҕын кэнниттэн, сорох наадалаах эрээри, харчы тиийбэтиттэн туораппыт уларытыыларбытын Айсен Сергеевичкэ этэммит, кини ону ылынан, үбүлээһин булуллубута. Онон бу тыа хаһаайыстыбатыгар судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа былырыыҥҥы ылыллыбыт сууматтан балачча улахан суума, 500 мөлүйүөн солкуобай курдук эбии ылылынна.
“Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ дьоһун көмө”
Алена Атласова, Ил Түмэн социальнай эйгэҕэ, үлэҕэ, дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Бүгүн норуот дьокутааттара Ил Дархан сокуоҥҥа киллэрбит уларытыытын 100 бырыһыан өйөөтүлэр. Билигин дьиэ кэргэттэр судаарыстыбаттан улахан көмөнү, өйөбүлү ылаллар. Бу көҕүлээһин бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэ да илигинэ, ааспыт сайын өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» куонкурус кэмигэр этиллибитэ. Ил Дархан бу сорудаҕа толоруллан, 400-тэн тахса мөлүйүөн солкуобайдаах үбүлээһин көстөн, олоххо киирдэ.
Үһүс уонна онтон кэлэр оҕотун төрөппүт ыаллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын ылар бырааптаахтар. Өскөтүн дьиэ кэргэн бу хапытаалын сэртипикээтин урут ылан баран, өссө туһана илик буоллаҕына, суумата эмиэ икки төгүл улаатар. Мин санаабар, бу үһүс, төрдүс оҕолорун былаанныыр дьиэ кэргэттэргэ дьоһун көмө. Маны тэҥэ, хапытаалы туһаныы кэҥээтэ — дьиэ туттар сыаллаах сир учаастагын ылыыга эмиэ туһаныахха сөп буолла.
Ааптар: Ангелина Васильева, «Саха сирэ» сайт
This post was published on 13.12.2023 12:04 12:04