Өрөспүүбүлүкэ 339 нэһилиэгэр Билии күнэ үгэс быһыытынан барыа

Өрөспүүбүлүкэ 339 нэһилиэгэр Билии күнэ үгэс быһыытынан барыа. Бу туһунан бүгүн үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев саҥа үөрэх дьылыгар анаммыт пресс-конференция кэмигэр эттэ.


COVID-19 тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэриитинэн 636 нэһилиэктэн 339 «ырааска» киирсэр. Бу өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 52%-на. Онон ити нэһилиэктэргэ балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи үөрүүлээх тэрээһин үгэс быһыытынан барыа. Итинтэн үгүһэ кыра нэһилиэктэр, кинилэргэ коронавирус бэлиэтэнэ илик, диэтэ миниистир.

Быйыл бастакы кылааска 21 тыһ кэриҥэ оҕо бараары сылдьар, 11 кылааска — 9342 үөрэнээччи.

This post was published on 18.08.2020 17:03 17:03