Бэҕэһээ, 13.00 чаастааҕы туругунан Өлүөнэ үрүс мууһун бүүрүгэ Иркутскай уобалас Уус-Кут оройуонун Глухово сэлиэнньэтин таһыгар, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэни кытта кыраныысса 603 км. кэлбитэ. Барыллааһын сабаҕалааһынынан Ленскэй аттыгар муус ыам ыйын 7-10 күннэригэр аһыллыаҕа.
Алдан Буяга гидропуоска хойуу муус. Муус кырыыта Алдан оройуонугар Буяга гидропоус 50 км. аллаараа баар.
Витимҥэ уу таһыма халбаҥныыр.
Ыам ыйын 2 күнүгэр Ленскэйгэ Нүүйэ өрүс аһылынна.
Өлүөхүмэҕэ муус хамсаата.
Саха сирин атын өрүстэригэр муус турарын туһунан ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.