Өрүс харгытыгар хаайтарбыт дьону быыһаатылар

Кэбээйи улууһун Батамайыттан 8 км тэйиччи 98 киһини, ол иһигэр экипаж 11 үлэһитин тиэйэн испит «Степан Аржаков» телоход өрүс харгытыгар түбэстэ.


Россия ЫБММ Хабаровскайдааҕы авиационнай-быыһыыр киин уонна «Полярные авиалинии» МИ-8 бөртөлүөттэрэ 67 киһини Нам улууһун Булуус сэлиэнньэтигэр диэри тиэртилэр, итии аһылыгынан хааччыйан баран Дьокуускайга ыыттыллар.

Дьон харгыга хаайтарбыт тырааныспартан биэрэккэ тахсаат күүстээх тымныыга түбэстэ. Кинилэр онтон толлон турбатылар: уот отуннулар, ас астаатылар, ичигэс таҥастары бэйэ-бэйэлэригэр бэристилэр, кыра оҕолору чугастааҕы үүтээҥҥэ саһыардылар.

Быыһыыр үлэҕэ 60 тахса киһи 13 тиэхиньикэ үлэлээтэ.

This post was published on 29.08.2016 11:00 11:00