Дойдубутугар буола турар билиҥҥи уустук балаһыанньа хас биирдиибитин долгутар. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар байыаннай дьайыыларга сылдьар эр дьоммутугар, уолаттарбытыгар эминэн, таҥаһынан гуманитарнай көмөнү оҥоруу салҕанан бара турар.
Бары биир санаанан салайтаран, быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьоммутугар, биир дойдулаахтарбытыгар анаан, «Эйгэ» уопсастыбанай түмсүү «Үрүҥ көмүс» волонтердара анал байыаннай дьаһалга кыттар дьоммутугар оҥорбут көмөлөрө:
1. Ньурба улууһун, Хаҥалас нэһилиэгин «Алаас Хотуна» (салайааччы Федорова М. Г.)
түмсүү сылгы сиэлэ истээх угунньук уонна балаклава төбөҕө кэтэр бэргэһэ нэһилиэк дьахталларын кытта тигистибит. Эмп, ичигэс наскы, харчыннан 15000 солкуобай уонна
Истээх наскы — 1
Ичигэс наскы — 22
Чараас наскы — 9
Салфеткалар — 2
Бытык хорунар бириитибэ — 14
Угунньах — 15
Бэрчээки — 6
Истээх бэрчээки — 2
Шампунь — 1
Мыыла — 2
Тиис суунар пааста — 1
Ис уктук — 1
Ис таҥас — 1
көмө оҥордубут.
2. Партизан нэһилиэгэ, Нам улууһа, «Көмүлүөк» түмсүү (салайааччы Скрябина П.И.) 134 680 солкуобай.
3. Өктөм «Сардаҥа» түмсүү, (салайааччы Федорова А.П. ) харчынан 6650 солкуобай туттардыбыт.
4. Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгин «Күбэйэ» түмсүү (салайааччы Катакова Е.П. ) 44 устуука аптечка суумкатын тиктилэр, 4 үтүлүк ,16 бааҥка бэйэ оҥорбут кэнсиэрбэтэ.
5. Маалыкай Ньурба улууһа «Иэйиэхсит» түмсүү (салайааччы Егорова Е.П.) 21000 суумаҕа баһыылка ыыттыбыт.
6. Уус Алдан Найахы «Утум» түмсүү (салайааччы Чукрова Г.А.) харчынан 10500 солк хомулунна.
7. Бүлүү куоратын, Н.Г.Чернышевскай аатынан колледж «Далбар Хотун» түмсүү (салайааччы Семенова К.М.) Бүлүү колледж кэлэктиибэ биир күннээҕи хамнастарын уопсайа 100 000 солкуобай.
8. Аптечка суумкатын тигиитигэр Үөһээ Бүлүүттэн «Сиккиэр» түмсүү, (салайааччы Павлова Н.И.) 4 000 солк харчы хомуйан биэрбитэ. Григорьева Любовь Федотовна библиотекаҕа уопсай иистэнньэҥнэр мустан тигэллэригэр көмөлөстө, Иванова Васма Васильевна тус тигэн, 18 устуука аптечка суумкатын тигэн туттарда.
9. Уус Алдан улууһа, Мүрү нэһилиэгэ, «Күндүүнэ» түмсүү (салайааччы Мигалкина А.Г.) 40 устуука угунньах, 67 устуука ичигэс наскы, 10 устуука пластмасса харыстыыр ачыкы,
30 устуука индивидуальнай аптечка. Барыта үс хоруопканы өрөспүүбүлүкэтээҕи штабка туттардыбыт. Маны сэргэ 10 устуука индивидуальнай аптечканы Ю.А. Гагарин аатынан култуура киинин нөҥүө туттардыбыт.
10. Кэбээйи «Үтүө түгэн» түмсүү (салайааччы Максимова Т.Д.) 17 400 солк ыытта.
11. Кэбээйи Куокуй «Луҥха долгуннара» түмсүү (салайааччы Борисова П.А.) 8 000 солк харчынан, 21 устуука аптечка ыытта.
This post was published on 21.10.2022 15:29 15:29