17 Балаҕан ыйа 17.09
  • $ 91,14
  • 101,28

Үрүҥ Хайатааҕы оскуола мусуойун саамай саастаах уонна «эдэр» экспоната

21:50, 25 апреля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Анаабырга Үрүҥ Хайа орто оскуолатыгар долган норуотун олоҕун-дьаһаҕын кэпсиир, көрдөрөр мусуойдаахтар.

Экспонаттар ортолоругар былыргы дьон тутта сылдьыбыт сэбэ-сэбиргэлэ, иһитэ-хомуоһа, таҥаһа-саба бааллар.
Ити эрээри, ыалдьыт хараҕа ордук сэлии төбөтүн уҥуоҕар хатанар. Тоҕо диэтэххэ, бу экспонат — саамай кырдьаҕас (таас үйэтин саҕанааҕы дьон үҥүүнэн дьөлүтэ анньан өлөрбүт буолуохтарын сөп) уонна саамай «эдэр» булумньу (былырыын сайын оскуола үөрэнээччитэ Валера Туприн Лаптевтар муораларын кытылыгар Песчанай үрэхтэн булбут). Баараҕай кыыл 3-4 миэтэрэ үрдүктээх уонна 8-9 туонна ыйааһыннаах буолар диэн учуонайдар суруйаллар. Сүүнэ улахан төбө уҥуоҕа мусуой хоһун туора киэптээн сытар.

Ити аттыгар сэлии түүтүн уурбуттар. Маны 2008 сыллаахха балаҕан ыйыгар В.Л.Туприн Көнньүөс үрэҕиттэн булан бэлэхтээбит.
Үрүҥ Хайа бөһүөлэгиттэн муора баара-суоҕа 8 көс тэйиччи сытар.

Онон нэһилиэк эр дьоно сайын аайы балыктыылларын, таба көрөллөрүн быыһыгар Анаабыр эбэлэрин уонунан ааҕыллар салаа үрэхтэриттэн сэлии аһыытын булан, дохуот киллэринэллэрэ — күннээҕи олоххо эмиэ баар көстүү.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА