27 Сэтинньи 27.11
  • -31°
  • $ 105,06
  • 110,49

Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр икки төбөлөөх табаны идэһэлээтилэр

15:09, 27 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр күһүҥҥү хараал кэмигэр булуллубут икки төбөлөөх табаныидэһэлээтилэр. Таба олохтоохтор уонна учуонайдар ортолоругар улахан кэпсэтиини таһаарбыта. СИА-ҕа хаһаайыстыба биригэдьиирэ Иван Туприн кэпсээбитинэн, сэтинньи 22 күнүгэр итэҕэстээх төрөөбүт кыылтан босхоломмуттар.

“Быйыл идэһэни астааһын икки күн  ыытылынна, ыстаадаттан 33 табаны тутуннубут, ол иһигэр ити икки төбөлөөх табабытын. Бу таба айах дуомнаах, ситэ сайдыбатах  төбөлөөх этэ. Атын табалартан бу дьиэгинэн эрэ атыннааҕа. Биһиги астыырбытыгар төбөтүн туспа арааран ылбыппыт. Кыыл атын чааһа туох да уратыта суоҕа”, — диир биригэдьиир Иван Туприн.

Бу иннинэ дириэктэр Роман Туприн бу чахчынан учуонайдар интэриэһиргииллэрин эппитэ.

“Тустаах иһитиннэрии тарҕаммытын кэннэ миигин кытта АГАТУ Бэтэринээрийэ мэдиссиинэтин факультетын үлэһиттэрэ кэпсэтэн, бу табаны үөрэтэн баран, салгыы чуучула оҥорор баҕалаахтарын эппиттэрэ. Хомойуох иһин, дьыала оннуттан хамсаабатаҕын иһин идэһэ кэмигэр туттарга быһаарынныбыт”, — диэбитэ Роман Туприн.

РНА СС Саха сиринээҕи научнай-чинчийэр институтун табаны иитии уонна төрүт салааларга лабораториятын научнай үлэһитэ, бэтэринээрийэ наукатын дуоктара Николай Винокуров  СИА-ҕа бу аномалия биричиинэтинэн генетика өттүнэн мутация буоларын быһаарбыта, суруйда Саха сирэ саайт.

Ааптар: Мария Горохова

Хаартыска: СИА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА