Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатыгар «Күнү көрсүү» сиэрэ-туома ыытылынна. Уһун кыһын кэнниттэн бу үөрүүлээх дьаһал буолар.
Тэрээһин алгыстан саҕаланна уонна ыраастаныы сиэрэ-туома ыытылынна. «Хэйро» этнокультурнай киин былаһааккатыгар балык кыһыыга куоталастылар, үҥкүүлээтилэр, хэйролаатылар, долганныы уонна сахалыы ыллаатылар, национальнай көрүҥнэргэ оонньоотулар.
Дьон национальнай таҥаһын кэтэн кэлбит, саҥа күнү уруйдуу көрүстэ, суруйда Анаабыр уоттара хаһыат телеграм-ханаала.
This post was published on 06.02.2024 11:09 11:09