Аан дойдутааҕы үрүҥ эһэ күнүн көрсө “Орто дойду” зоопаркаҕа Колымананы уонна Ломоносовы бырааһынньыктааҕы аһынан күндүлээтилэр.
Үрүҥ эһэлэргэ тоҥ балыктан туорду, оҕуруот аһын, хаппыт фрукталары, бисквити биэрбиттэрин, бэркэ минньигэһиргээн сиэн кэбистилэр.
Билигин кинилэр вольердарын аанын аһаары бэлэмнииллэр. Оччоҕуна икки вольерынан көҥүл сылдьыах этилэр. Зоопарка үлэһиттэрэ кинилэри кулун тутар саҥатыгар көрсүһүннэрэр былааннаахтар.
Ломоносов Колымананы көрбөтөҕө сылтан орто. Бу кэмҥэ Колымана оҕоломмута, Хаарчааната Ленинградтааҕы зоопаркаҕа олорор. Атыыр эһэлэр кыра оҕолоругар кутталлаах буоланнар, туспа вольерга хаайарга күһэллибиттэрэ.
Колымана оҕотун сүтэрбититтэн өрүттэн, билигин үчүгэйдик аһыыр буолла, түүтэ-өҥө тупсан сылдьар. Сороҕор чуҥкуйан, Ломоносов уйатыгар киирэ сатыыр буолбут. Оччотугар, баҕар, аҕыйах ыйынан саҥа олох кыыма саҕыллыан сөп.
This post was published on 27.02.2018 11:00 11:00