Аллараа Халыма сиригэр баар үрүҥ эһэлэр туундара иһигэр киирэр буолбуттар, инньэ гынан, олохтоохторго уонна эһэлэргэ бэйэлэригэр кутталы үөскэппиттэр. Бу туһунан ЯСИА-ҕа «Эһэ арыыларыгар” баар «Курдигино-Крестовай» резерват аҕа иниспиэктэрэ Руслан Слепцов биллэрдэ.
«Эһэ арыылара» – диэн Илин Сибиирдээҕи муораҕа баар алта лоскуй сир. Халыма өрүһүн хотугу төрдүттэн чугас турар. Муоҕунан уонна лабыктанан баай, элбэх таастаах сири, үрүҥ эһэлэр урут-уруккуттан сөбүлүүллэр. Аһылыктаах сиргэ оҕолорун кытары арҕахтарын тутталлар.
«Биһиги көс сылдьар үрүҥ эһэлэр күһүҥҥү мониторингнарын түмүктээтибит. Маныаха, көрсүбүт эһэлэрбититтэн аҥара оҕолор. Эрдэтээҥҥи сылларга 6-7 эһэ оҕолорун көрөөччүбүт. Быйыл буоллаҕына, үс оҕолоох үрүҥ эһэни көрдүбүт, бу маннык дэҥҥэ көстөр. Эһэлэр биэрэктэн 20-25 км тиийэ тэйэр буолбуттар. Бу олохтоохторго кутталы үөскэтэрин таһынан, эһэлэргэ браконьердар бултаһыахтарын эмиэ сөп”, — диэн Руслан Слепцов кэпсээтэ.
«Муора мууһа турдаҕына, үрүҥ эһэлэр ньиэрпэлэрии киирэллэр. Быйыл эһэлэр бары тот соҕустар. Уопсайа 22 араас саастаах эһэлэри бэлиэтээтибит. Урут даҕаны 20-25 диэри эһэлэри күһүн көрөөччүбүт, бу аата үрүҥ эһэлэр туруктара бигэ буолар” – диэн иниспиэктэр эбии быһааран биэрдэ.
This post was published on 09.11.2021 15:01 15:01