Россия WWF “Үрүҥ эһэ суолунан” бырайыагынан Аллайыаха уонна Аллараа Халыма оройуоннарыгар Илин Сибиир муоратын кытылынан уонна Эһэлээх арыы архипелагар РФ Кыһыл кинигэтигэр киирбит үрүҥ эһэлэр туруктара хайдаҕын билэр сыаллаах быйылгы сылга бастакы айан тэрилиннэ.
Аллайыахаттан патруллуур бөлөх ыстаарсайа госиниспиэктэр Сергей Яныгин, айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ Иван Рожин уонна Валерий Слепцов Индигир өрүстэн арҕаа диэки баар муора кытылын чинчийдилэр.
Аллараа Халыма бөлөҕүн ыстаарсай госиниспиэктэр Руслан Слепцов салайан, иниспиэктэрдэр Вячеслав Слепцову унна Валерий Арбатскайы кытта айаннаатылар. Кинилэргэ “Морские млекопитающие” НЭЦ айылҕа харыстабылын бырайыактарын сүрүннээччитэ Виктор Никифоров кыттыста.
Уопсайа Крестовскай, Пушкарев, Леонтьев уонна Лысов арыыларыттан үрүҥ эһэ 7 арҕаҕын буллулар. Маны сэргэ оҕолоох тыһы эһэ Түөрт Остуолбалаах арыыга сылдьыбыт суолун көрдүлэр. Чинчийии ыытыллыбыт оройуонугар араас саастаах 23 үрүҥ эһэ сылдьыбыта бэлиэтэннэ.
СИА.