Өрөөбүт уоспун өһүлэн, хоммут уоспун хоҥнорон...

Аҕыйах сыл анараа өттүгэр олоҥхолуур үгэс сүтэ быһыытыйан, кэмэ аастаҕа диэн санаа үөскээбитэ. Оттон билигин олоҥхобут иккистээн тыын ылан кинигэҕэ бэчээттэнэн, үгэс буолбут ньыманы тутуһан биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толоруллар, тыйаатырдарга испэктээкил, опера буолан туруоруллан дьону үөрдэр буолла. Маныаха нэһилиэнньэ киэҥ араҥата ыытыллар үлэни сэргиир, өйүүр. Онон олоҥхо инникитин да сайдар кэскилэ норуот илиитигэр баар диэн эрэнэбит.


Быйыл хайа да сыллааҕар Олоҥхо күннэрин бэлиэтээһин өрөспүүбүлүкэҕэ таһымнаахтык, киэҥ эйгэни хабан, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр ыытылыннылар. Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Арчы Дьиэтигэр «Өрөөбүт уоспун өһүлэн, хоммут уоспун хоҥнорон…» диэн тэрээһин буолла. Бу тэрээһини көҕүлээн СӨ култуура уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Николай Макаров дьоһуннаахтык ылсыһан ыыппыта атыттарга холобур эрэ буолуон сөп.

Николай Афанасьевич өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрин салайааччыларын түмэ тардан, олоҥхону толорууга бастакы хардыыны оҥордо, истээччилэри умсулҕаннаах эйгэҕэ киллэрдэ, умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Маныаха сэҥээрэн элбэх киһи истэ кэлбитин үөрэ көрдүбүт.

В.Г. Исаков «Эрбэхчэй Бэргэн» олоҥхотун оруолларынан үллэстэн, кылгас кэмҥэ бэркэ бэлэмнэнэн дьон сыанабылыгар таһаардылар. Саҥа саҕалааһын диэтэххэ, киһини кэрэхсэтэр. Олоҥхо дьоруойдара кэпсэтиилэрин араас куолаһынан тэтимин бэрткэ тутан сэргэхтик толордулар.

Кыттааччылар бары удьуор талааннаах, дьоҕурдаах дьон буоллулар. Сорохтор оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олоҥхону толорууга кыттыһа сылдьыбыттара билиннэ. Ол курдук, олоҥхоһут оруолун Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Валентин Исаков киһи иһиттэр истэ олоруох курдук, тэтимин тутан, кылыһахтаах кэрэ куолаһынан ыллаан-туойан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылла. Сүрүн дьоруойу, Эрбэхчэй Бэргэни, удьуор талааннаах толорооччу, СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Николай Макаров дьоһуннанан олорон табыллан толордо. Саха Саарын Тойоно буолбут „Саха“ көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньа бэрэсидьиэнэ Иван Андросов киэҥ дэлэгэй куолаһынан дьон сэҥээриитин ылла. Сабыйа Баай Хотуну Олоҥхо тыйаатырын толорор дириэктэрэ Мария Турантаева кылыһахтаах холку куолаһынан бэртээхэйдик дьүрүһүттэ. Айыы бухатыырын атын ырыатын С.Ф. Гоголев аатынан педколледж преподавателэ Иван Максимов кыайа-хото тутта. Симэхсин эмээхсин „Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин дириэктэрэ Валентина Бочонина буолан болҕомтону тарта. Тырым Тыргылла Куо буолбут Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун преподавателэ, оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн олоҥхону толоруунан дьарыктанар уһуйааччы Зоя Стрекаловская кылыһахтаах кэрэ куолаһа истэргэ олус үчүгэй. Кыталыгы Дьааҥы улууһун култуураҕа салаатын салайааччы Екатерина Ноговицына толоруутун дьон сэргээтэ. Абааһы кыыһа Аптаах айах Аабый Куо оруолун Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Саргылана Адамова турукка киирэн олорон толорон, ураты тахсыылаахтык оонньоото. Тиҥсирики Тимирдээни СӨ Государственнай сүбэһитин көмөлөһөөччүтэ Эдуард Лугинов көрөөччүгэр бэркэ тиэртэ.

Маннык удьуор талааннаахтарга, дьоҕурдаахтарга таба тайанан, бөлөх тэринэн олоҥхону толоруунан дьарыктанар дьоммут элбээн иһэллэрэ буоллар диэн баҕа үөскээтэ. Ылсыһааччыларга кылаабынайа баҕа, дьулуур уонна болҕомто наада. Бары даҕаны тиһиктээхтик дьарыктаннахтарына олоҥхону толорор кыахтаахтарын көрдөрдүлэр, соҕотоҕун да толорууга уһуйуллан тахсыахтарын сөп дьон бааллар эбит диэн санааны үөскэттилэр.

Түмүккэ, кыттааччыларга туһаайан саҥа көлүөнэ олоҥхоһуттары иитиигэ тумус туттар уһуйааччыбыт Никандр Тимофеев, СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ Надежда Толбонова, СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин кииниттэн Елена Протодьяконова, Олоҥхо институтун научнай сотруднига Варвара Обоюкова, Чурапчы улууһуттан олоҥхону бастыҥ толорооччу Сусанна Лазарева, Таатта улууһуттан бастыҥ толорооччу Раиса Маркова, Уус Алдан улууһуттан түһүлгэҕэ анаан-минээн кэлбит Матрена Москвитина, Арчы дьиэтиттэн Борис Михайлов, Валентина Бочонина бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, сүбэлэрин-амаларын биэрдилэр. Олоҥхо эйгэтин үөскэтиигэ кэскиллээх үлэ саҕаламмыт диэн үөрэ бэлиэтээтилэр, салгыы дьарыктанан саас ыытыллар „Уруйдан улуу Олоҥхобут“ фестивальга кыттарга этии киирдэ. Дьон интириэстэринэн эбэтэр тэрилтэнэн түмэн, бөлөҕүнэн толорууну кэҥэтэн иһэргэ баҕаларын эттилэр.

Олоҕурбут ньыманан олоҥхону толоруу үгэстэрин тарҕатар, эйгэтин кэҥэтэр сыаллаах тэриллибит түһүлгэ бэрт сэргэх буолла, үтүө өйдөбүлү хаалларда. Арчы Дьиэтин кэллэктиибэ кыттааччыларга өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда. Кыттааччылардыын, көрөөччүлэрдиин бары дуоһуйан тарҕастылар.

Кэлэр өттүгэр Николай Афанасьевич Олоҥхо тыйаатырын кытта олоҥхону толоруу үгэстэрин сайыннарыыга киэҥ былааннааҕын иһитиннэрдэ. Кэскиллээх үлэни саҕалаабыт дьоммутугар ситиһиилэри баҕарабыт.

This post was published on 20.12.2016 17:55 17:55