Өрөбүллэри хайдах атаарыахха сөбүй?

Фото: Галина Мозолевская/ЯСИА

Православнай итэҕэллээх дьон бу өрөбүлгэ Пасханы бэлиэтиир. Номнуо чэппиэртэн саҕалаан бэлэмнэнэн дьиэлэрин-уоттарын хомунан, бээтинсэҕэ уонна суббуотаҕа сымыыт кырааскалыыллар, кулич буһараллар. Арассыыйаҕа Пасханы улаханнык таҥара дьиэтигэр да сылдьыбат дьон бэлиэтииллэр. Бүгүн дьон-сэргэ бу өрөбүллэргэ туох былааннааҕын СИА билистэ, уонна тугунан дьарыктанан өрөбүллэри сэргэхтик атаарарга сүбэлэри хомуйда.

Аграфена Захарова, Томпо улууһа

Биһиги бу өрөбүллэргэ суолу баттаһан кэргэммин кытары Дьокуускайга киирэн тахсыахтаахпыт, Бэстээхтэн табаар ылыахтаахпыт. Бэйэбит бородуукта маҕаһыыннаахпыт, онон суол сабыллыан иннинэ табаарынан толоруохпутун наада. Оҕолор эһээлээхтэригэр хаалан таһырдьа дуоһуйа оонньууллара буолуо. Атын өрөбүллэргэ даҕаны үксүгэр үлэлиибит. Ардыгар дьиэбэр дьоммор сонун ас астыыбын, киинэ көрөбүт. Куоракка олорорбут буоллар, быыбар элбэх буолуо этэ, дэриэбинэҕэ киһи барар-кэлэр сирэ аҕыйах.

Марианна Никитина, Дьокуускай

Өрөбүллэри эрдэттэн былаанныырбын сөбүлүүбүн. Холобур, бу өрөбүллэргэ кыыһым гимнастикаҕа күрэхтэһиитэ буолар, уолум репетиторга сылдьахтаах, бэйэм эмиэ субуотаҕа тэрилтэм аатыттан волейболга күрэхтэһэбин. Киэһээ өттүгэр дьүөгэлэрбин кытары көрсүөҕүм, баскыһыанньаҕа үгэс быһыытынан үлэ-үөрэх күнүгэр бэлэмнэниэхпит, дьиэ-уот хомунуохпут.

Дмитрий Тымыров, Дьокуускай

Мин өрөбүллэргэ даачаҕа тахсан хаар күрдьүөхтээхпин, мас саһаанныахтаахпын. Ону тэҥэ, доҕотторбун кытары көрсүһүөм, Пасха күн аймахтарбар ыалдьыттыам. Даача сезона саҕаланна эрэ, киһи күн солото суох буолар.

Саас кэлэн дьон-сэргэ күнү баттаһан үлэтин үмүрүтэ сатыыр. Ол эрээри, ардыгар киһи өрөбүллэргэ эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сынньанара тоҕоостоох. Онон СИА ааҕааччыларыгар анаан идеялары хомуйда.

  1. Олорор сиргэр, куоракка эбэтэр дэриэбинэҕэр баар кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сылдьааһын. Сибиэһэй салгын сии таарыйа ыксаабакка эрэ күүлэйдиэххэ сөп.
  2. Доҕотторгун муһан таһырдьа шашлык буһарыахха сөп.
  3. Биир күн оҥостон туран дьоҥҥун, доҕотторгун, оҕолоргун кытары, эбэтэр соҕотох хаартыскаҕа түһэн өйдөбүнньүк оҥостуоххутун сөп.
  4. Балкоҥҥа эбэтэр тэрээһэҕэ, ыскаапка, ампаарга мустубут эргэ маллары хомуйуохха, наадата суоҕу быраҕыахха сөп
  5. Төрөппүттэр оҕолорун кытары эрдэттэн бэлэмнэнэн оонньуохтарын сөп.
  6. Интэриэһинэй кинигэ ааҕыахха, киинэ көрүөххэ сөп.
  7. Туох эмэ саҥаҕа үөрэниэххэ сөп, араас маастар-кылаастарга сылдьан эбэтэр Интернет да нөҥүө.
  8. Саҥа рецебынан минньигэс бүлүүдэ астаан боруобалыахха сөп.
  9. Сибэкки, оҕуруот олордуохха сөп.
  10. Муусука холбоон баран дьиэҕэр үҥкүүлүөххүн, эбэтэр кулуупка баран дискотекаҕа сылдьан сэргэхсийиэххин сөп.

This post was published on 14.04.2023 15:05 15:05