Россия Запорожскай уонна Херсонскай уобаластар тутулуга суох буолууларын билиннэ. Ыйаахха РФ президенэ Владимир Путин илии баттаата, суруйар Парламентская газета.
Ыйаахха сурулларынан, быһаарыы норуоттар ардыларынааҕы быраап нуормаларыгар олоҕуран ылылынна.
Донецкай уонна Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэлэр тутулуга суох буолууларын Россия 2022 сыл олунньутугар ылыммыта. Балаҕан ыйын 23 — 27 күннэригэр ДНР, ЛНР, Запорожскай уонна Херсонскай уобуластарга Россия субъектарын быһыытынан киириилэригэр референдум ыытыллыбыта.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр территориялар Киин быыбардыыр хамыыһыйалара түмүктэри таһаардылар. РФ састаабыгар киириигэ ДНР 99,23 бырыһыан, ЛНР — 98,42, Запорожскай уобалас — 93,11 уонна Херсонскай уобалас — 87,05 куоластаата.
Президент пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков дуогабардарга илии баттаһыы балаҕан ыйын 30 күнүгэр Кремльга буолар диэтэ. Бу күн Россия баһылыга тыл этиэҕэ.
This post was published on 30.09.2022 09:29 09:29