«Уһук Илиҥҥи ипотеканан» кирэдьиити 6-тан 9 мөл. солк. диэри улаатыннарыахтара. Маннык ыйааҕы Илиҥҥи экономическай форум түмүгүнэн РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин бигэргэттэ.
Кирэдьиит харчытын саҥа тутуллбут дьиэҕэ 60 кв. м иэнтэн улахана суох кыбартыыраҕа эбэтэр чааһынай дьиэ тутуутугар туһаныахха сөп диэн, Кремль сайтыгар суруйаллар. Маны таһынан, «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааманан Уһук Илиҥҥи уокурук сиригэр-уотугар уонна РФ Арктика зонатын хотугу территорияларыгар баар обороннай-промышленнай комплекс тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ саастарыттан уонна дьиэ кэргэн балаһыанньатыттан тутулуга суох туһаныахтарын сөп. Бырабыыталыстыба дакылааты 2023 сыл ахсынньы 15 күнүгэр оҥоруохтаах.
This post was published on 15.11.2023 11:36 11:36