Россия президенэ Владимир Путин Уһук Илин олохтоохторугар дьиэҕэ нолуоктан босхолуур туһунан Анадырь олохтоохторун этиитин өйөөтө, суруйар ТАСС.
«Маннык кыах баар. Сөбүлэһэбин, бырабыыталыстыбаны уонна Госсэбиэт хайысхалаах хамыыһыйатын бу боппуруоска үлэлииргитигэр этэбин. Сотору кэминэн быһаарыллыа дии саныыбын», — диэтэ судаарыстыба баһылыга.
Бу дьаһал Уһук Илин элбэх оҕолоох ыалларын хабарын чуолкайдаата.
This post was published on 11.01.2024 10:31 10:31