Россия Президенэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ айан иһин туристическай кешбэги 40 тыһ солк диэри улаатыннарарга сорудахтаата.
«Российскай Федерация Правительствотыгар ‹…› урукку дааннайдары учуоттаан туран, Уһук Илиҥҥи уокурукка туристыы барааччылар айаннарын ороскуоттарын төнүннэриини 40 тыһ солк диэри улаатыннарарга», — диэн Кремль сайтыгар тахсыбыт иһитиннэриигэ суруллубут.
Толоруу болдьоҕо — бу сыл балаҕан ыйын 30 күнэ.
Эрдэ «Ростуризм» салайааччыта Зарина Догузова атырдьах ыйын саҕаланыыта туристическай кешбэк саҥа түһүмэҕэ саҕаланарын эппитэ. Россияҕа айан путёвкаларын сайын иккис аҥарыгар ылыахха сөп. Онтон айаҥҥа алтынньы 1 күнүттэн турунуллар.
Тур сууматын «Мир» картанан төлөнүллүөхтээх, оччоҕуна биэс хонук иһинэн картаҕа төлөммүт суума 20% төннөр, ити эрээри 20 тыһ солк элбиэ суохтаах.
Айан икки түүнтэн кыра буолуо суохтаах.
Источник: «Известия»
This post was published on 10.06.2022 15:01 15:01