Суол пуондатыгар көрүллэр үбүлээһини регионнарга атын сыалга туттар практиканы тохтотору этилиннэ. Ол туһунан Владимир Путин суол тутуутун мунньаҕар эттэ, суруйар ТАСС.
Субъектар баһылыктарыгар туһаайан, президент бэлиэтээбитинэн, дойдуга суол пуондатыгар көрүллэр федеральнайдааҕы үбүлээһиҥҥэ күүстээх мониторинг уонна хонтуруол ыытыллар. Ити эрээри сорох регионнарга харчыны атын сыалга туттуу практиката баар.
«Маннык практиканы тохтотон, пуонданы сыалынан, аналынан эрэ туттаргытыгар модьуйабын», — диэтэ Путин.
Мунньахха российскай лидер суол 85%-н нуормаҕа тириэрдэр соругу туруорбута, манна биэс сыл болдьох бэриллэр.
Хаартыска: РФ президенин пресс-сулууспата
This post was published on 03.06.2022 13:01 13:01