Путин Россия президенин дуоһунаһыгар саҥа алта сыллаах болдьоххо киирдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

2024 сыл ыам ыйын 7 күнүгэр Владимир Путин Россия президенин дуоһунаһыгар саҥа алта сыллаах болдьоххо киирдэ — 2030 сылга диэри. Ол туһунан Конституционнай суут бэрэссэдээтэлэ Валерий Зорькин эттэ.

Путин норуокка бирисээгэ биэрдэ. Зорькин киниэхэ президент былааһын бэлиэтин туттарда, ол иһигэр — кыһыл көмүс РФ дьаралыга уруһуйдаммыт Георгиевскай кириэһи уонна «Польза, честь и слава» диэн суруллубут кыһыл көмүс сыабы.

«Маннык президент дуоһунаһыгар киирэр өрөгөйдөөх уонна эппиэтинэстээх мүнүүтэҕэ ис сүрэхпиттэн Россия бары регионнарыгар олорор дьоҥҥо, историялаах сирдэр олохтоохторугар, Ийэ дойдуну кытта бииргэ буолууну туруулаһааччыларга махтанабын. Геройдарбытыгар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, Аҕа дойду иһин охсуһааччыларга барыларыгар сүгүрүйэбин. Өссө биирдэ миэхэ итэҕэлгит уонна өйөбүлгүт иһин махтанабын», — Владимир Путин Россия олохтоохторугар туһаайан инаугурацияҕа эттэ.

Инаугурация Улахан Кремль дыбарыаһыгар буолла.

Сиһилии: https://ysia.ru/putin-ofitsialno-vstupil-v-dolzhnost-prezidenta-rossii-na-shestiletnij-srok/

This post was published on 08.05.2024 10:01 10:01