Россия Президенэ Владимир Путин 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн кыра куораттарга кылаас салайааччытыгар уонна колледжтар, техникумнар куратордарыгар федеральнайдааҕы төлөбүрдэрин икки бүк улаатыннарар туһунан эттэ.
«100 тыһыынча киһиттэн аҕыйах нэһилиэнньэлээх олорор пууннарга үлэлиир оскуолалар кылаас салайааччыларыгар, колледжтар, техникумнар куратордарыгар болҕомто ууруллуон наада. Бу кыра куораттар, оройуон кииннэрэ, бөһүөлэктэр, сэлиэнньэлэр. 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн федеральнай төлөбүрү икки бүк үрдэтэри этэбин, 10 тыһ солк диэри», — диэтэ Путин.
This post was published on 01.03.2024 16:01 16:01