Путин пандемияны кытта охсуһууга сыыһаны таһаарбыт салайааччылары дьалаҕай сыһыаҥҥа тэҥниирин эттэ

Коронавируһу кытта охсуһууга регионнар өттүлэриттэн ситэтэ суох сыһыаннара, дьалаҕай быһыыга, буруйу оҥорууга тэҥнээх буолуоҕа, административнай эрэ эппиэтинэскэ тардыллыахтара суоҕа диэтэ Владимир Путин диэн, «Парламентская газета» суруйар.


«Соторутааҕыта эрэ РФ субъектарын кытта мунньах ыыппытым. Онно өссө биирдэ болҕомтобун ууруохпун баҕарабын: өскөтүн миэрэлэри ылыыга туох эрэ ситэ оҥоһуллубатаҕына, ону мин буруйу оҥорууга, дьалаҕайдык сыһыаннаһыыга тэҥниэҕим… онтон тахсар охсуулары киллэрэн туран, административнай эппиэтинэскэ эрэ тардыллыы буолуо суоҕа», — диэтэ дойду баһылыга санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньаны ырытар мунньахха.

Владимир Путин эппитинэн, сорох регионнарга ыалдьааччы ахсаана эбиллэ турара «разгильдяйствонан» эрэ быһаарыллар. Миэстэлэригэр үлэлиир исписэлиистэртэн, баһылыктартан, быраастартан, тэрилтэ салайааччыларыттан санитарнай быраастар уонна аналлаах исписэлиистэр ирдэбиллэрин булгуччулаахтык толороллоругар сорудахтаата.

This post was published on 14.04.2020 10:02 10:02