РФ Президенэ Владимир Путин Россия регионнара научнай чинчийиилэри ыытар үрдүк үөрэх кыһаларын бырагыраамаларын үбүлүүрү уонна федеральнайдааҕы судаарыстыбаннай кыһаларга научнай чинчийиилэри ыытары сокуонунан бигэргэттэ. Докумуон субуотаҕа официальнай порталга таҕыста, суруйар ТАСС.
РФ субъектарын судаарыстыбаннай былаастара федеральнайдааҕы үрдүк үөрэх кыһаларыгар уонна научнай тэрилтэлэргэ научнай чинчийиилэри уонна эксперименнары ыытыыны үбүлүөхтэрэ. Маны сэргэ регионнар федеральнайдааҕы судаарыстыбаннай научнай тэрилтэлэр чинчийиигэ бырагыраамаларын уонна былааннарын үбүлүөхтэрэ. Барыта РФ бюджетын сокуонугар олоҕурар.
Сиһилии https://ysia.ru/putin-podpisal-zakon-o-prave-regionov-finansirovat-nauchnye-issledovaniya-vuzov/
This post was published on 19.04.2022 16:01 16:01