2026 сылга мунньуллар пенсияны төлөөһүн күүтүллэр кэмэ 270 ый буолуоҕа. Бу туһунан сокуоҥҥа РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, сэтинньи 17 күнүгэр, илии баттаата. Докумуон быраап информацияларын официальнай порталыгар бэчээттэммит, суруйда Саха сирэ саайт.
Күүтүллэр төлөбүр кэмэ — киһиэхэ төлөнөр мунньуллар биэнсийэ ыйдааҕы кээмэйин ааҕарга туттуллар кэм. Ону быһаарарга биэнсийэ мунньуллубут уопсай сууматын 270 ыйга үллэрэллэр.
Сокуон Бырабыыталыстыба уурааҕынан бигэргэммит параметры бигэргэтэр аналлаах. Көрдөрүү биэнсийэҥҕэ тахсыбыт кэнниттэн орто олоҕу көрдөрөр уонна ыйдааҕы төлөбүрдэри ааҕарга тирэх буолар.
This post was published on 18.11.2025 13:33 13:33