Путин Медведевка “ыам ыйынааҕы ыйаахтар” туолууларын ырытарыгар сорудахтаата

Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин премьер-миниистир Дмитрий Медведевтиин көрсүһүүтүн түмүгүнэн “ыам ыйынааҕы ыйаахтар” сорох эрэ хайысхаларга 100 % туолбуттарын быһаарарыгар сорудахтаата.

Көрсүһүүгэ Медведев Госдуума иннигэр бырабыыталыстыба сыллааҕы отчуотун ис хоһоонугар тохтоото. Кини 2007 с. түмүгүнэн социальнай эбэһээтэлистибэлэр толору кээмэйинэн туолбуттарын туһунан эттэ.

“Дьокутааттарга бэрэсидьиэн 2012 сыл ыам ыйын 7 күнүнээҕи ыйаахтарын толорууга сөптөөх түмүгү оҥоруохха сөбүн туһунан кэпсиэхпин баҕарабын”, — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.

“Итиннэ сорох эрэ хайысхаларга 100 бырыһыан барытын оҥорор кыалынна, онон биир идэлээхтэргин кытта маны ырытан, дьүүллэһиҥ”, — диэн бэлиэтээтэ Путин.

Медведев сорудаҕы толоруом диэн эрэннэрдэ.

СИА.

This post was published on 11.04.2018 15:25 15:25