Путин үлэни тохтоппотох хампаанньаларга көмөлөһөр туһунан эттэ

РФ Президенэ Владимир Путин эппитинэн, бастатан туран, үлэни тохтоппотох хампаанньаларга көмө баар буолара сиэрдээх. Үлэтэ суох хаалбыттарга былаас быһа көмөнү оҥоруоҕа, диэн иһитиннэрэр «РИА Новости».


Путин бэҕэһээ регион баһылыктарын кытта видеосибээс нөҥүө мунньахтаата. Россияҕа тарҕаммыт коронавируһу кытта охсуһууга миэрэлэр тустарынан кэпсэттилэр. Дойду салайааччыта бу кэми предпринимателлэргэ дьиппиэн бэрэбиэркэ быһыытынан сыаналаата. Президент: «Бизнес, инникитин санаан туран, кэлэктиибин, хамаандатын үлэлээх хаалларар туһугар кыаҕын барытын туһанар. Ол иһин, чуолаан, маннык толкуйдаах үлэлээччилэри биһиги өйүөхпүт», — диэтэ.

«Маннык дьаһаныы сиэрдээх буолуоҕа: бастатан туран, үлэни тохтоппотох хампаанньаларга көмөлөһүөхпүт. Үлэтэ суох хаалбыттарга быһа көмөлөһүөхпүт — дохуоттара кыччаабыттарга, оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, кирэдьииттэрин урукку эрэһиимнэринэн кыайан төлөһөр кыаҕа суох буолбуттарга. Кинилэргэ билигин ыарахан», — диэтэ Путин.

This post was published on 09.04.2020 10:02 10:02