Россия президенэ «Современные медицинские технологии. Вызовы завтрашнего дня – опережая время» иккис форум мунньаҕар 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн кыра куораттарга уонна сэлиэнньэлэргэ үлэлиир медиктарга төлөбүр кээмэйин улаатыннарар туһунан эттэ.
Путин ордук наадалаах хайысхаларга үлэлиир быраастарга, оройуоннааҕы уонна учаастактааҕы балыыһаларга үлэлээччилэргэ болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ.
50 — 100 тыһ киһи олорор куораттарыгар быраастар эбии 29 тыһ солк, орто медперсонал – 13 тыһ солк ылыаҕа. 50 тыһ аҕыйах ахсааннаах дьон олорор сиригэр үлэлиир бырааска эбии төлөбүр 50 тыһ солк, орто звеноҕа — 30 тыһ солк буолуоҕа.
Муус устар 1 күнүттэн кулун тутардааҕы эбии төлөбүрдэри туһааннаахтар ылан барыахтара.