Россияҕа коронавируһу утары үс вакцина түргэн тэтиминэн оҥоһуллубута, билигин төрдүс таһаарыллара бэлэмнэнэр. Ол туһунан президент Владимир Путин омук дойдуларын посолларын кытта көрсүһүүгэ эттэ.
«Пандемия улахан хоромньуну таһаарда, мөлүйүөнүнэн дьон олоҕун илдьэ барда, үлэҕэ, оҥорон таһаарыыга биллэр-көстөр уларытыылары киллэрдэ», — диэтэ Владимир Путин.
«Россия пандемияны кытта охсуһууга тас дойдулары кытта бииргэ үлэлииргэ интэриэстээх, — диэтэ президент. — Коронавируһу утары үс вакцина оҥоһулунна». «Сотору төрдүс тахсыаҕа«, — иһитиннэрдэ кини. «Вакцинациялааһын тэтимирдэ», — эттэ Путин.
Россия аадырыстаах көмөнү бары континеҥҥа 60-тан тахса судаарыстыбаҕа оҥорор. «Уопуппутун атастаһабыт уонна бэйэбит вакциналарбытын тас дойдуларга оҥорууну сайыннарабыт. Маны Россияттан ураты ким да оҥорбот», — бэлиэтээтэ президент. «Атын дойдулары кытта пандемия хаалларбыт экономическай уонна социальнай содулларын кытта охсуһабыт», — диэн эбэн эттэ дойду салайааччыта.
This post was published on 19.05.2021 10:01 10:01