Путин Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһын күнүн туһунан ыйаах таһаарда

Россия Президенэ Владимир Путин Конституцияҕа уларытыылары киллэриигэ муус устар 22 күнүгэр бүтүн Россиятааҕы куоластааһыны ыытар туһунан ыйаахха илии баттаата. РИА Новости-га сигэнэн СИА суруйар.


«2020 сыл муус устар 22 күнүн, «О совершенствовании регулирования отдельных вопросов организации и функционирования публичной власти« Российскай Федерация Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэрии туһунан Российскай Федерация Сокуонун 1 ыстатыйатынан, Российскай Федерация Конституциятыгар уларытыылары киллэриигэ сөбүлэһии боппуруоһугар бүтүн Россиятааҕы куоластааһын күнүнэн аныыырга», — диэн суруллар судаарыстыба баһылыгын ыйааҕар.

Куоластааһыҥҥа маннык ыйытыы бэриллэр: «Эн Российскай Федерация Конституциятыгар уларытыылары киллэриини сөбүлэһэҕин дуо?».

Көһүөн сөп

Президент бэлиэтээбитинэн, куоластааһын дойдуга эпидемиологическай балаһыанньа туруга нуормаҕа эппиэттир эрэ буоллаҕына ыытыллар.

This post was published on 18.03.2020 16:37 16:37