Владимир Путин Конституциянан куоластааһын саҥа күнүн анаата — от ыйын 1 күнэ. Бу туһунан кини дойду сүрүн сокуонугар көннөрүүлэри киллэриигэ оробуочай бөлөҕү кытта мунньах кэмигэр эттэ.
Владимир Путин бэс ыйын 24 күнүгэр Кыайыы параадын кэмигэр куоластааһыны ыытыыттан аккаастаата. «Холбуу тутар наадата суох, бу дойду олоҕун историятыгар киирэр туспа тэрээһин«, — диэтэ кини. Путин Конституциянан куоластааһыны ыытыыга от ыйын 1 күнүн «табыгастааҕынан» уонна «юридическай да өттүнэн сөптөөҕүнэн» сыаналаата.
Үөрэх миниистирин кытта сөбүлэһиннэрдэ — бу күн БКЭ буолар. Миниистир эппитинэн, куоластааһын эксээмэн ыытыытыгар мэһэйдээбэт. «Гражданнар куоластааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны ылалларыгар олус эрэнэбин», — диэтэ президент.
От ыйын 1 күнэ — өрөбүл күнүнэн биллэриллэр. Бу туһунан РФ президенин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков иһитиннэрдэ диэн «Российская газета» суруйар.
This post was published on 02.06.2020 11:01 11:01